Оҕолорго үлэ киниискэтэ арыллан, ыстаас ааҕыллан барар
Оҕолорго үлэ киниискэтэ арыллан, ыстаас ааҕыллан барар
️ Улуустааҕы үөрэтэр-оҥорон таһаарар эбии үөрэхтээһин уонна нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутун киинннэрэ «Улаатан эрэр оҕолору үлэнэн хааччыйыы» бырагырааманан быйыл 3-с сылын үлэлиилллэр.
️? Бу бырагыраама көмөтүнэн оҕолор талбыт идэлэринэн эрдэттэн үлэҕэ уһуйуллаллар, хамнас үлэттэн кэлэрин өйдүү үөрэнэллэр. Бырагыраамаҕа 14-тэн үөһээ саастаах оскуола оҕолоро кытталлар. Үөрэнээччилэри бэс ыйын 10 күнүттэн 3 хайысханан анал идэҕэ туһаайыллар үлэлэргэ ылбыттара.
️ Оҕолор сайыҥҥы сынньалаҥ бириэмэтигэр 20 күн устата түөртүү чаас үлэлээн, хас биирдиилэрэ 18000-лыы солкуобай хамнас аахсыахтара. Маныаха кинилэргэ номнуо үлэ киниискэтэ арыллан, үлэ ыстааһа ааҕыллан барарын туһунан бэлиэтиибит. Хамнастарын үөрэх тэрилин, таҥаһын-сабын ылыыга, сорохтор тус сыалга туттууга бэйэбит сэмэй кылааппытын киллэриэхпит этэ диэн баҕалаахтар.
«Сайыҥҥы кэмҥэ мээнэ сылдьыбакка, үлэлиирбит, бэйэбит илиибитинэн тутан-хабан оҥорон таһаарарбыт, хамнас ...
Source: ГАЗЕТА “ЭРКЭЭЙИ“ Мегино-Кангаласского улуса