лэ, Эйэ, Маай бырааынньыгар аналлаах к алыбар уйдаран к киээтэ.
Ыам ыйын 1 күнүгэр “Түмсүү“ сынньалаҥ киинигэр Үлэ, Эйэ, Маай бырааһынньыгар анаан сылын аайы ыытыллар, үгэскэ кубулуйбут “Үҥкүү алыбар уйдаран“ эҕэрдэ концерт буолла. “Күндээр“ оҕо үҥкүү ансаамбыла саҥа туруоруллубут араас омук үҥкүүлэрин үрдүк таһымҥа үҥкүүлээннэр дьон-сэргэ биһирэбилин ыллылар. Тумул орто оскуолатын үөрэх чааһын завуһа Алексеева А. Р., “Күндээр“ үҥкүү куруһуогун салайааччыта Иванова Е. Д. быйылгы сыл ситиһиилэрин үрдүк сыанаттан оҕолорго наҕараадалары туттардылар. Ол курдук “Күндээр“ улахан бөлөҕө “Танцует Мүрү“ республиканскай күрэххэ Гран-при, Хатаска ыытыллыбыт 25 международнай “Праздник терпсихоры“ фестиваль конкурска 1 степеннээх лауреат, Өктөмҥө ыытыллыбыт “Сардаҥалаах аартык“ республиканскай үҥкүү күрэҕэр 1 степеннээх лауреат, 7 кылаас үҥкүүһүттэрэ республиканскай “Классный класс“ творческай олимпиада5а 1 степеннээх лауреат, кыра сүһүөх оҕолоро “Хотугу сулус“ зональнай күрэххэ кыттан “Симпатия жюри“ анал аат, 2 степеннээх лауреат, быйылгы улуустааҕы “Түмсүүнэн сайдыыга, үлэнэн үрдүккэ“ уус-уран самодеятельность көрүү фестивальга оҕо ансаамбыла уонна ыччат “Дьиэрэцкэй“ уцкуу беле5е лауреат үрдүк аатын ылбыттара. Нэһилиэк олохтоохторо бырааһынньыктааҕы “Үҥкүү алыбар уйдаран“ о5олор, ыччаттар, “Кемулуек“ 3 саас оскуолатын уцкууьуттэрин астына көрдүлэр, дуоһуйа сынньаннылар.