Кндэйэ нэилиэгин тэрилтэлэрин лэлэрин - хамнастарын кытта билсиии тэрээинэ 2024
Муус устар 27 күнүгэр Саха сирин дьоно-сэргэтэ Верховнай Совет ХII ыҥырыылаах мунньаҕар Саха республикатын Конституцията ылыныллыбытын бэлиэтиир. “Нэһилиэгинэн бүттүүн - оҕо иитиитигэр“ программа чэрчитинэн сылын ахсын нэһилиэк тэрилтэлэрин салайааччылара уонна үлэьиттэрэ үлэлэрин – хамнастарын оскуола саастаах оҕолорго билиһиннэрэр тэрээһини ыыталлар. Бу тэрээһиммит быйыл муус устар 25 күнүгэр ыытылынна. Бу күн оҕолор бөлөҕүнэн нэһилиэк устун 12 тэрилтэ үлэтин - хамнаһын кытта билистилэр, ыалдьыттаатылар. Ол курдук “Күнчээн“ оҕо уһуйааныгар, “Ил“ култуурнай сынньанар кииҥҥэ, Р.А. Иванова аатынан “Сырдык аартык“ өҥөнү оҥорор кооперативка, ООО “Тускул“ аһы - үөлү оҥорон таһаарар кооперативка, Күндэйэ нэһилиэгин дьаһалтатыгар, ветеринарнай уонна тыа хаһаайыстыбатын учаастактарыгар, спорт уонна эдэр ыччаты кытта үлэлиир отделга, олохтоох библиотекаҕа, олох - дьаһах коммунальнай хаһаайыстыбатыгар, “Б.Н. Егоров аатынан Күндэйэ орто оскуолатыгар“. Убаастабыллаах Күндэйэ нэһилиэгин тэрилтэлэрин салайааччылара, улэһиттэрэ уонна күндү коллегаларбыт, оскуола иитэр - үөрэтэр үлэтин салаатын аатыттан бүгүҥҥү тэрээһини тэрийсэргэ күүс-көмө буолбуккутугар улаханнык махтанабыт.
Оҕолорбут, ыччаттарбыт дойдуларын дьонугар махталлаах, төрөөбүт түөлбэлэрин таптыыр, үлэ дьонугар ытыктабыллаах, дойдуларыгар бэриниилээх буола улааттыннар диэн инникитин да, ситиммитин быспакка үлэлэһиэхпит диэн эрэнэбит. Чөл буолун, дьоллоох буолун.