Амма буолар үчүгэйиэн🥰🎶🎉
“Амма“ түмсүү үтүө үгэскэ кубулуйбут үөрүүлээх көрсүһүүтэ быйыл Амма улууһугар Олоҥхо сылыгар ананан икки күн устата Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан норуотттар доҕордоһууларын дьиэтигэр үрдүк таһымҥа ааста. Эдэр олоҥхоһут Юрий Борисов “Баһырҕастаах аттаах Баабый баатыр“ олоҥхотунан “Сир симэҕэ“ Арассыыйа көрдөрүүлээх, Саха сирин норуодунай оҕо үҥкүү ансаамбылын салайааччыта Марианна Ефимова музыкальнай-хореографическай испэктээк туруоран, Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн, Саха сиригэр Оҕо саас, Амма улууһугар Олоҥхо сылларын үөрүүлээхтик аста. Аны сайын Амма улууһугар ыытыллар Олоҥхо ыһыаҕар аналлаах “төгүрүк остуолга“ Михаил Тимофеев, Егор, Светлана Неустроевтар, Лаачаан, Владимир Пестерев, Николай Ефремов, Ньургун Лазарев, Геннадий Алексеев, Лидия Петрова уо.д.а. кытыннылар. Улуус баһылыгын тутууга солбуйааччы Виктор Смирников Амма паркатыгар саҥа түһүлгэ тутуутун туһунан дакылаатын сэргээн иһиттилэр. Саха норуодунай суруйааччыта Дмитрий Наумов Олоҥхо ыһыаҕар аммалар сүрүн уратыбыт туһунан дириҥ ис хоһоонноох этиитин болҕомтоҕо ыллылар. 2019 сылга Аммаҕа Саха сирин норуоттарын сэттис спортивнай оонньууларын ыытыыга күүскэ үлэлэспит, киэн туттар биир дойдулаахпыт, биллэр спортсмен Ньургун Иванов Амма улууһун бочуоттаах олохтооҕо үрдүк аатын сүкпүтэ. “Амма“ түмсүү бэрэссэдээтэлэ Александр Кузьмин иһитиннэрбитинэн, түмсүү билигин общественнай буолбакка, НКО быһыытынан регистрацияланан араас Граннарга кыттар кыахтанна. Быйыл “Амма“ түмсүү бочуотунай бэлиэтэ олохтоммут. Биир бастакынан маннык түөскэ анньыллар бэлиэлээх, анал дастабырыанньалаах бэлиэлэри “Соморсун“ түмсүү бэрэссэдээтэлэ Мария Старостина уонна Үүнэр көлүөнэ театрын звукорежиссера, СӨ культуратын туйгуна Павел Неустроев үөрүүлээх быһыыга-майгыга туттулар.
“Сүрэҕим чопчута - Кыыс Амма“ кэнсиэргэ Аммабыт талааннаах артыыстара Айталина Адамова, Екатерина Захарова, Петр Андреев, Елизавета Потапова, Марина Корнилова, Анна уонна Афанасий Томскайдар, Исай Брызгалов, Серафим Ксенофонтов, Люси, Милена Борисова, Какитока, онтон да атыттар кыттаннар көрөөччүлэр сүрэхтэрин абылаатылар, төрөөбүт дойдунан киэн туттуу санаатын үөскэттилэр. “Амма“ ТХППК, “Кааракаан“ уонна “Мясная лавка“ маҕаһыыннар эт-үүт бородууксуйатын атыылаан дьон махталын ыллылар. Дьоро киэһэ Аммабыт нэһилиэктэрэ астаан аҕалбыт күндү астаах хаан, хаһа, хатта сандалы остуолларыгар ыалдьыттаан дойдуларын аһын тото-хана амсайан, өр көрсүбэтэх дьон ирэ-хоро кэпсэтэн, ыллаан-туойан, үҥкүүлээн астынан-дуоһуйан тарҕастылар.
Биэриини бэлэмнээтэ
Вера ИВАНОВА
#yakutia #сахасирэ #амга #амма #түмсүү #якутск #сахалыы #ысыах #2024 #встреча #земляки #торжество