Дэгэрэҥ эйгэтэ🎶🎵
Быйыл саха норуотун тапталлаах ырыаһыта, ырыа айааччыта, киэн туттар биир дойдулаахпыт Саха АССР народнай уонна үтүөлээх артыыһа, тыыл, үлэ ветерана Христофор Трофимович Максимов төрөөбүтэ 105 сыла. Кини аатын үйэтитиигэ, кини ырыаларын эдэр ыччакка тарҕатыыга былааннаах үлэ ыытыллар. Үбүлүөйдээх сыл биир сүрүн ситиһиитэ Дьокуускай куоракка Христофор Максимов аатынан уулусса баар буолла. Бу үлэлэргэ кини төрөппүт уолаттара Трофимнаах Иннокентий үтүөлэрэ үгүс. Аҕаларын аатынан фонда тэрийэн, кини талааныгар сүгүрүйээччилэри түмэ тардан араас ырыа куонкурустарын, научнай-практическай конференциялары бу сыллар устата ыытан кэллилэр. Фонда үлэтин өссө биир улахан бырайыагынан 2022 сыл кулун тутар 17 күнүгэр Пушкин аатынан нуучча театрыгар “Дэгэрэҥ эйгэтэ“ диэн сахалыы оркестр доҕуһуолунан саха ырыатын дьоро киэһэтэ үрдүк таһымҥа ыытыллыбыта, көрөөччү кутун-сүрүн туппута буолар. Бу дьоллоох ырыа түһүлгэтин С. Зверев-Кыыл Уола аатынан национальнай үҥкүү театрын Амма Бөтүҥүттэн төрүттээх СӨ үтүөлээх артыыската Анна Томская салайааччылаах “Кыл Саха“ төрүт дорҕоон бөлөҕө уонна саха ырыатын-тойугун сайдыытыгар үлэлэһэр Михаил Санников дириэктэрдээх Христофор Максимов фондата тэрийэн ыыттылар. Дэгэрэҥ кэрэ эйгэтин түһүлгэтигэр саха эстрадатын артыыстара Байбал Сэмэнэп, Варя Аманатова, Виталий Очиров уонна Христофор Максимов талааныгар сүгүрүйээччилэр кыттыыны ыллылар. Маны тэҥэ Нам, Үөһээ Бүлүү уонна Амма улуустарыттан “Кыл Саха“ курдук, кыл кырыымпаны уонна сахалыы тыаһы-ууһу дьоҥҥо бэлэхтиир коллективтар кыттан дьоро киэһэни киэргэттилэр. Холобура, “Тобуруокап сиэннэрэ“ бөлөх, солист Николай Борисов толоруутугар Василий Гольдеров - Ороһу Уола тылларыгар Христофор Максимов матыыбыгар “Умун дииллэр“ диэн киһи дууһатын ортотунан киирэр саҥа ырыаны сүрэхтээтилэр. Дьоро киэһэни биир дойдулаахпыт СӨ культуратын үтүөлээх үлэһитэ Валерий Лобанов этэн-тыынан артыыстаан, үөрүү-көтүү көтөллөөх, бэрт дьиибэлээхтик иилээн-саҕалаан үрдүк таһымҥа ыытта. Ити курдук “Дэгэрэҥ эйгэтэ“ икки чаастаах кэнсиэр биир тыынынан биллибэккэ ааста. Тыыннаах саха дорҕооно кэрэтин истэммит, кэрэ кылыһах эриэккэһин сөҕөммүт, аптаах музыка күүһүгэр куустаран тулабыт сырдаан үөрэн-көтөн, күүс-уох ылан тарҕаспыппыт.
Биэриини бэлэмнээтэ
Вера ИВАНОВА
#дэгэрэҥ #христоформаксимов #105сыла #сулҕаччы #яасср #үтүөлээхартыыс #нвксаха #амма #майя #ньурба #үөһээбүлүү #республикасаха #якутия #yakutia