Россияа аалар кннэрэ
2021 сылга Дойду Президенэ Владимир Владимирович Путин 573 нүөмэрдээх укаһынан алтынньы ый үһүс баскыһыанньата Россияҕа Аҕа күнүн бэлиэтиир уурааҕа тахыбыта.
Эр киһи ыал буолан, аал уоту оттунан «Аҕа баһылык» дэтэрин тухары ыал аҕатын үрдүк аатын сүгэр. Дьиэ-кэргэн нус – хас олоҕо уонна олоҕун уйгута, оҕолору иитии ийэттэн эрэ буолбакка, аҕаттан эмиэ тутулуктаах. Аҕа тус холобура, кини ийэҕэ ытыктабыллаах сыһыана, төрөппүт эппиэтинэһин толоруу оҕону общество дьоһун гражданинын быһыытынан бэлэмнээһиҥҥэ улахан суолталаах.
Ытыктабыллаах аҕалар!
Нэһилиэкпит бары аҕаларыгар истиҥ эҕэрдэ тиэрдэн туран, чэгиэн доруобуйаны, үлэҕитигэр ситиһиини, дьиэ – кэргэҥҥитигэр дьолу – саргыны баҕарабыт!
Баппаҕаайы Нэһилиэгин үтүө холобур буолар аҕалара
Киэҥ көҕүстээх, дурда – хахха буолар, эркин курдук эрэнэр дьоммут билиҥҥи бутуурдаах олохпутугар эһиги ыллыктаах тылгыт–өскүт, олоҕу анаара көрөргө кэлэр кэнчээри ыччаты иитиигэ сүрүн күүс буолар. Аҕаларбыт, олохторун үтүө холобурунан уолаттары киһи уонна Аҕа дойдуну комускээччи быһыытынан иитиигэ, кинилэргэ дьиҥнээх эр киһи хаачыстыбатын иҥэриигэ ордук наадалаах.