Оҕолор туһа дьон буола улааталлар
Оҕолор туһа дьон буола улааталлар
Улууспутугар Мытаахха тулаайах хаалбыт оҕолору ылан, көрөр-истэр, үөрэхтээн, олох киэҥ суолугар сирдиир түөрт ыал баар. Биһиги кинилэртэн биирдэстэригэр Людмила, Леонид Павловтарга ыалдьыттаатыбыт. Ойбон күөлүн үрдүгэр Томтор түөлбэтигэр икки этээстээх дьиэ ыраахтан көстөн турар. Биһигини олбуор аттыгар дьиэ кэргэн хаһаайына Леонид Ильич көрүстэ.
Кинилэр ардан түһэн, ходуһаларыттан кэлбиттэр. Отторун мунньан бүтэриэхтээхтэрин кыра былыт тахсан, ыаҕастаах уунан кутан кэбиспит, аны манна кэлбиттэрэ күн да күн турар эбит. Онон биир хаарыан күнүн сүтэрэн, хомойон олорор.
️Дьиэҕэ киирээппитин кытары хос сиэннэрэ,саҥа хаама сылдьар 1,5 саастаах Яна оргууй сэрэнэн, үктэнэн кэлэн, илиитин уунан, дорооболоһон көрүстэ. Күн эбиэт кэмэ буолан, оҕолор ыалдьыттарга маанылаах сандалыларын тардыбытынан бардылар.
Мин Павловтарга хас да сыллааҕыта оҕолор кыра эрдэхтэринэ кэлэ сылдьыбытым. Онон билсэр ыалым. Хаһыаппытыгар үлэлэрин, ситиһиилэрин сырдатан, мэлдь...
Source: Газета “Үлэ күүһэ“ Горного улуса