“Дьылҕам дьикти бэлэҕэ“. А.Г.Старостин-Сиэн Кынат
СР культуратын үтүөлээх үлэһитэ, суруйааччылар уонна суруналыыстар союзтарын чилиэнэ Старостин Анатолий Гаврилович - Сиэн Кынат от ыйын 3 күнүгэр 75 сааһын туолбута.
Кини Дьокуускайдааҕы художественнай училищены уонна М.Горькай аатынан литературнай институту бүтэрэн баран 1973 сыллаахтан айар үлэнэн дьарыктаммыта. “Аал уоппар итэҕэлим“ диэн бастакы кинигэтэ ааҕааччы биһирэбилин ылбыта. Бу кэмҥэ кини Уус-Алдан хаһыатыгар эппиэттиир секретарынан үлэлиир. Онтон 1979-1991 сс. П.Ойууунускай аатынан литературнай музейы, Горнай Мытааҕар Семен Данилов, Чурапчыга Эрилик Эристиин музей-дьиэлэрин тэрийсиигэ ылсан туран үлэлээбитэ. СГУ студеннарын “Сэргэлээх уоттара“ түмсүүгэ мунньан, айар үлэҕэ угуйбута. “Сиэн Кынат аан дойдуну туспа анаарар ураты суоллаах-иистээх поэт буолар, таптал лирикатыгар кини айымньылара улуу поэттар Эллэй, Семен Данилов, Петр Тобуроков хоһооннорун кытта биир эрээккэ тураллар“, - диэн академик А.Бурцев бэлиэтиир. Оттон литературовед М.Дьячковская: “Кини поэзията саха фольклорун хоһооннорун кытта дьүөрэлэһэллэр, төрөөбүт сириттэн силис тардаллар“, - диэн этэр.
Видео матениал А.Г.Старостин-Сиэн Кынат дьиэ-кэргэнин архыыбыттан киллэрилиннэ.
Видео фонугар М.Макеева хаартыскаҕа түһэриитэ киллэрилиннэ.