ПРОЕКТ: Ахтылҕан

Мин ХХ үйэ оҕотобун бырайыак Хатыҥ-чараҥ айылҕалаах Оҕо сааспыт түөлбэтигэр, Сибэккилээх сайылыктаах Ойор сааспыт туонатыгар Күөлэһийэн улааппыппыт Күннээх кэми атаарбыппыт, Оскуоланы бүтэрэммит Дойду устун тарҕаспыппыт. Таласпыппыт-тарҕаспыппыт Атын сирдиин алтыспыппыт, Үлэ-үөрэх дьолун булан Күнү-дьылы сырсыбыппыт... ...Ол эрээри, ол эрээри Ахтылҕаммыт ыга күүһар, Кыһыннары-сайыннары Алаһабыт – Сылаҥ күүтэр. Эйиэхэҕэ чугаһыыбыт - Туох барыта күндү- кэрэ ... Ийэ-аҕа сылаас тыына - Дойду сыта тута кэлэр... Түүҥҥү Сылаҥ халлааныгар Сулустарбыт чаҕылхайдар, Ойуур-алаас, көлүкэлэр Өҥнүүн кытта арылхайдар... Маннык аптаах сиргэ төрөөн Оҕолоруҥ дьоллоох дьоммут Айылҕаны, сири таптаан Айар-тутар аналлаахпыт Көччөх гынан көтүтэҥҥин Таптыы-алгыы атаарбытыҥ, Биһигини - ыччаттаргын Эн да эмиэ аҕыннаҕыҥ... Ыраах-ыраах сырыттарбыт Сылааһынан угуттуугун, Хараҥаны халбарытан Сырдыгынан сыдьаайаҕын Сылайыахпыт – сарыалынан Сарсыардааҥҥы сэниэ ыытыаҥ, Мэник-тэник тыалчаанынан Иэдэстэртэн сыллаан ылыаҥ... Эйигиттэн силис тардан Бу быстыбат ситимнээхпит, Уһуун-уһун биир сабынан Өбүгэлиин баайыылаахпыт... Автор Анастасия Егорова
Back to Top