Аллараа Бэстээххэ улахан ардах алдьаппыт суолун оҥороллор
Аллараа Бэстээххэ улахан ардах алдьаппыт суолун оҥороллор
️ Өрөбүл күн түспүт күүстээх ардах Аллараа Бэстээххэ Хатас – Павловскай хайысхатынан өрөспүүбүлүкэ таһымнаах суолу алдьатта.
Сыыр быарын уу тоҕута сүүрэн, кумаҕы бүтүннүү суурайан, суолу улаханнык хайытта.
Дьокуускай куораттан өрөспүүбүлүкэтээҕи Суол управлениетыттан итиэннэ «СУ – 77» тэрилтэ исписэлиистэрэ миэстэтигэр тахсан көрдүлэр, балаһыанньаны билистилэр уонна хоромньуну ааҕаллар-суоттууллар.
Бу суол 3 сүрүн суолталаах: Хатас – Павловскай хайысханан кыһынын өрүһү туоруур өрөспүүбүлүкэ таһымнаах суол, таһаҕас терминалыгар киирэр итиэннэ Аллараа Бэстээх Запротока түөлбэтигэр тиэрдэр суол буолар.
️ «СУ – 77» ХЭТ Мэҥэ Хаҥаластааҕы учаастагын начаалынньыга Николай Шишигин күн бүгүн улахан уйуктаах массыыналарга суол сабыллан турарын, бу күннэргэ өрөмүөн үлэтэ бүттэҕинэ айаны сөргүтүөхтэрин туһунан иһитиннэрдэ.
Source: ГАЗЕТА “ЭРКЭЭЙИ“ Мегино-Кангаласского улуса