«УРАН ХААН» бөлөхпүтүнэн “Чабырҕах“ -«Скороговорки»
Саха фольклорун биир саамай болҕомтону кыратык ылар жанрбыт чабырҕах буолар дии саныыбын.
Бу маны санаан, чабырҕаҕы араастаан ыллаан көрбүтүм номнуо 10-тан тахса сыл буолбут эбит.
Хата бу сахалыы иһитиннэрэр НВК хампаанньа чабырҕаҕы сөргүтэргэ үлэлээн, “ТЫЫЙ“ диэн бэртээхэй күрэх оҥорон, дьону-сэргэни үөртүлэр.
НВК ыҥырыыларынан, күрэх тиһэх күнүгэр тиийэммит, өбүгэбит төрүт дорҕоонунан тыыннаахтыы доҕуһуоллатан, кынат буола сылдьар талааннаах уолаттарбынаан Дьарааһын Павлов, Айсиэн Кысылбаиков, Алексей Саввинов буолан “УРАХ ХААН“ бөлөхпүтүнэн, чабырҕахпытын бар дьоммутугар, бу курдук толорон иһитиннэрдибит.
Истиҥ-көрүҥ, сэргээҥ-сэҥээриҥ бар дьоммут!🤗