“Сардаҥа сааска“
☀️ “Сардаҥа сааска“, оҕо 15 сааһын бэлиэтиир сахалыы сиэр-туом тэрээһинигэр, 9-с “А, Б“ кылаас үөрэнээччилэрэ төрөппүттэрин, кылаас салайааччыларын кытта сахалыы таҥнан-симэнэн Муома орто оскуолатын аактабай саалатыгар муһуннулар.
🔆15 саастаах уол-кыыс оҕо айыытын уота сардаҥаран тахсан таска биллэ-көстө сылдьар буолар. Сардаҥа уота сыдьаайарыттан кыыс оҕо кэрэтэ өтөн тахсар, уол оҕо хоһууна хоһулайар.
🔔Оҕолор лыҥкынас хобо чуораан тыаһынан, боҕуруускай от буруотунан ыраастанан алгыс мааны тылларын иҥэрдилэр, эҕэрдэ тылын иһиттилэр. 👨🏻👩🏻Дьиэ кэргэн сылыгар Алексеевтар дьиэ кэргэннэрэ уолу-кыыһы күн эргииринэн хаамтаран киллэрэн, оҕолору бөҕө туруктаатылар.
🧍🏻♂️🎁Оройуоҥҥа Аҕа сылын чопчулаан оскуолабыт дириэктэрэ В.В.Тихонова кэлбит аҕаларга өйдөбүнньүк бэлэх туттарда.
🔆🪄Сардаҥа саастаах оҕолорго төрөппүттэр үрүҥ сылгы сиэлэ сүүмэхтээх харысхал (уолаттарга) уонна илин кэбиһэр (кыргыттарга) бэлэх ууннулар, көхсүлэриттэн таптайан сүүстэриттэн сыллаан ыллылар.
🥞🥛Сиэр-туом кэннэ кэлбит дьон бары малааһын остуолун сахалыы амтаннаах аһын амсайдылар, көөнньүбүт кымыһынан утахтаннылар.
⚛️ Бу күн өбүгэ оонньуутугар сыһыарар сыаллаах оонньуу арааһа ыытылынна, оҕолуун - улаханныын бары үөрэ-көтө көхтөөхтүк кытыннылар. 👍
👩🏻🏫Тэрээһини Саха тылын учууталларын түмсүүтэ иилээн-салайан тэрийдэ.
☀️Оҕо-аймах сардаҥа кэриэтэ сандаардын, 🔆оҕо саас сылааһынан илгийдин 🙌🏻
@indigir_uottara