Степан Марков саҥа кинигэлэрин сүрэхтэниитэ
Арассыыйа суруналыыстарын, норуоттар икки ардыларынааҕы уонна СӨ суруйааччыларын сойуустарын чилиэнэ, суруналыыс, суруйааччы, “Мэҥэ аат“ бэлиэ хаһаайына, Тараҕай нэһилиэгин, Майа сэлиэнньэтин, Мэҥэ Хаҥалас улууһун бочуоттаах олохтооҕо, СӨ култууратын туйгуна Степан Степанович Марков “Таптыырга саас мэһэйдээбэт“ уонна “Дьылҕа, тыйыскын даҕаны“ саҥа кинигэлэрин сүрэхтэниитэ.