Аммаҕа “Мэхээлэчээн булчут” киинэ сүрүн түһүмэҕэ уһуллан бүттэ
Бу күннэргэ Амма улууһугар Тимофей Сметанин “Мэхээлэчээн булчут кэпсээннэрэ” айымньытынан киинэ сүрүн түһүмэҕэ уһуллан бүттэ. Саха сиригэр бастакы саҥарар кыыллардаах киинэ сэргэх бырайыага «Сахабэчээт» тэрилтэ көҕүлээһининэн, өйөбүлүнэн оҥоһулла сылдьар.
Толору метражтаах киинэ устуутугар 30-ча киһилээх айар хамаанда үлэлээтэ. Хартыына режиссера – Александр Лукин, онтон устааччынан Арина Володина, механигынан Савва Ющенко Москваттан үлэлии сылдьаллар. Киинэ идеятын толкуйдаата редакция.
Киинэҕэ сүрүн оруолу Нам улууһун Күрэҥ Ат оскуолатын бастакы кылааһы бүтэрбит Дамир Дьяконов оонньуур. Сэттэ саастаах уолчаан бастакы оруолугар ылсан, итэҕэтиилээхтик арыллан оонньообутун туһунан ийэтэ Александра Дьяконова уонна СӨ үтүөлээх артыыһа Федот Львов (киинэҕэ - сүрүн герой Мишук эһээтэ) санааларын үллэһиннилэр.
Санатан эттэххэ, киинэ бастакы түһүмэҕэ Булгунньахтаахха уһуллубута, онтон Амма кэнниттэн Дьокуускайга түмүктүүр саамай уустук түһүмэх – кыыллары устуу саҕаланна. Бу бырайыак ситэн-хотон, суруйааччы Тимофей Сметанин төрөөбүтэ 105 сылыгар, 2024 сылга көрөөччү киэҥ сыанабылыгар тахсыаҕа. Салгыы киинэ устуутун түгэннэрин сэргээн көрүҥ.