Сомоҕо домохтору үөрэтиэҕиҥ

Сомо5о домох - ( фразеологизм) — өйдөбүлү уус-ураннык хоһуйар икки эбэтэр хас да тыл холбуу суолталаммыт ситимэ. Саха тылыгар олус элбэх сомоҕо домох баар. Н. С. Григорьев «Саха тылын сомоҕо домоҕун тылдьыта» (1974 с.) кинигэтигэр 3000 кэриҥэ сомоҕо домох киирбит. Бу саха тылын биир этигэн ньымата, барҕа баайа буолар.
Back to Top