ВСТРЕЧА БОЕВОГО ЗНАМЕНИ
«Эдэр Карбышевецтар» оҕо байыаннай-патриотическай уопсастыбаннай хамсааһын Саха сиринээҕи салаата Улуу Новгород сириттэн аҕалбыт «Ытык Ильмень устунан» диэн ааттаах 19-с хайыһар биригээдэтин Бойобуой Знамятын Маар орто оскуолатыгар уруйдуу –айхаллыы көрүстүбүт. Бойобуой Знамяны үөрүүлээх быһыыга-майгыга Иван Михайлович Павлов аатынан Чурапчы орто оскуолатын монографическэй музей салайааччыта Михаил Владимирович Дьячковскай туттарда.
19-с хайыһар биригээдэтигэр 1712 нуучча, 597 саха, 253 украинец, 95 татаар, 66 белорус уонна 200 араас омук баара. Ньурба улууһуттан 47 саллааттан 10 киһи эрэ тыыннаах ордубута, 7 киһи сураҕа суох сүппүтэ.
Бүгүҥҥү суолталаах тэрээһин “Мин өйдүүбүн! Мин киэҥ туттабын“ Түмүк нэһилиэгин уонна биһиги оскуолаҕа үлэлээбит, Аҕа дойду сэриитин кыттыылаахтарын стендэтигэр сибэкки дьөрбөтө уурууттан саҕаланна, кинилэр истэригэр биһиги нэһилиэкпит биир киэҥ туттар киһитэ Николай Николаевич Саввинов 1942 сыллаахха сэриигэ ыҥырыллан, 1943 сыллаахха олунньу ыйга Ильмень күөлгэ лейтенант чыыннаах сылдьан сырдык тыына быстыбыта. Кини Новгородскай уобалас Старорусскай оройуон Ретлё дэриэбинэҕэ көмүллүбүт. Төһө да сыл хонук аастар Улуу Кыайыы өрөгөйө өлбөөдүйбэт, эйэлээх олох иһин тыыннарын толук уурбут дьоммут албан ааттарыгар сүгүрүйэбит.