Открытие «ФОТОРУМ»
Хаһан эрэ ыраатта ийэбиттэн ыйыппытым: “Тоҕо Ньурбаттан көспөтөххүтүй? Атын сиргэ бара сатаабатаххытый?“ диэн. Ону ийэм бэрт холку баҕайытык “Там где родился, там и пригодился“ диэн нуучча норуоднай өс хоһоонунан эппиэттээбитэ. Ити өс хоһоонун сүрүнэ диэн киһи ханна эрэ атын сиргэ аттана сатаабакка төрөөбүт дойдутун сайдарын, тупсарын туһугар кыһаллан туран үлэлээн-хамсаан, уөрэн-көтөн, айан-тутан, үтүөнү түстээн олороро туохтааҕар да күндү буолар диэн өйдөбүллээх. Чахчы, төрөөбүт дойдуҥ, сириҥ-уотун, дьонуҥ-сэргэҥ киһиэхэ күндүттэн күндү буолаллар. Тус бэйэм ханна эбит баран кэллэхпинэ Ньурбам сиригэр тигистэхпинэ наар уйадыйан ытыыр идэлээхпин. Күөмэйбэр хомуох мунньуллан, хараҕым уута таммаллаан барбытын бэйэм да өйдөөбөккө хаалабын...
“Дойдум дьоно дууһабар аанньал курдук ыалдьыттар, ахтан-суохтаан көрсөрбөр аҕам, ийэм курдуктар...“ диэн ырыа тыллара төбөбөр кутуллан киирэллэр. Наһаа үчүгэй күн ааста, студиябыт арылынна, бастакы заказтар киирдилэр, аа-дьуо бэйэм темпабынан запиһынан үлэбин саҕалыыбын. Кэлэн үөрүүбүн үллэстибит дьоммор барҕа МАХТАЛ! ТАПТАЛ! Дьол, табыллыы, өйдөһүү-өйөһүү, чөл турук баар буоллун олоххутугар🤗☺️🌷😘 Баҕа санаалар туоллуннар, ыра санаалар сирдээтиннэр ❤️