“Өксөкүлээх суолунан” этнографическай цикл. 1 биэрии
Саха сиригэр Үлэ сылынан саҥа биэрии сүрэхтиибит. “Өксөкүлээх суолунан” цикл бастакы биэриитигэр норуот уус-уран оҥоһуктарын маастара, Кэбээйи улууһун Сэбээн Күөлүн олохтооҕо Петр Неустроевтыын кэпсэтиини көрүҥ-истиҥ. Биэрии ыытааччыта – этнопедагог, фольклору хомуйааччы, үөрэтээччи Дорхоон Дохсун. Бу биэриигэ тириини, сарыыны имитии туһунан.
Бу көрсүһүү 2021 сыллаахха буолбут экспедиция чэрчитинэн уһуллубута. СӨ Национальнай библиотекатын үлэһиттэрэ, «Саха сирин култуурата» айар бөлөх кыттыылаахтара буолан өрөспүүбүлүкэ географическэй киинин — Сэбээн Күөл — төрүт олохтоохторун – эбээн омук олоҕун-дьаһаҕын, дьарыгын, фольклорун билсибиттэрэ, үөрэппиттэрэ.
Цикл А.Е. Кулаковскай төрөөбүтэ 150 сылын көрсө, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр биллэриллибит Өксөкүлээх Өлөксөй 5 сылынан диэн ананна. Биллэрин курдук, Өксөкүлээх Өлөксөй Саха сирин кэрийэн, ыраах хоту улуустарга тиийэ этнографическай, фольклорнай материаллары хомуйбута.
Устар бөлөх улуус баһылыгар Иван Левиҥҥэ, МУП “Себян им.П.А.Кейметинова” салайааччытыгар Людила Бурцеваҕа махтанар.