Дмитрий Садовников социальнай эбийиэк тутуутун, кыстыкка бэлэм хаамыытын билистэ
Дмитрий Садовников социальнай эбийиэк тутуутун, кыстыкка бэлэм хаамыытын билистэ
? Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дмитрий Садовников салайааччылаах оробуочай бөлөх бүгүн, атырдьах ыйын 13 күнүгэр, Илин эҥэр улуустарга кыстыкка бэлэм, эбийиэктэри тутуу хаамыытын билистэ.
️? Күн иккис аҥарыгар Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Маттаҕа тутулла турар социальнай эбийиэги – 51 миэстэлээх кырдьаҕастар уонна инбэлииттэр интэринээт-дьиэлэрин тутуутун көрдүлэр-иһиттилэр. Манна кэккэ биричиинэнэн болдьохтон хаалыы тахсыбытын, тутааччылар мантан хаалбыт кэмҥэ кыраапыкка киириэхпит диэн мэктиэлииллэр, бу сыл ахсынньы ыйыгар үлэҕэ киллэрэр соруктаахтар.
Социальнай эбийиэк тутуутун «Электромонтаж» ХЭУо былырыын муус устар ыйга сыбаайатын түһэрэн саҕалаабыта.
️? — Бу күҥҥэ икки этээстээх дьиэ көҥдөйүн 96 бырыһыана, 4 массыына турар гараас тутуутун 60 бырыһыана бэлэм буоллулар. Тутуу матырыйаала барыта болдьоҕор кэлэ турар, үлэһит илии тиийэр, — диэн тутар учаас...
Source: ГАЗЕТА “ЭРКЭЭЙИ“ Мегино-Кангаласского улуса