Баахыла астыыбыт
Биһиэхэ наада:
• Бурдук – 850 гр;
• Ыстакаан аӊаара уу;
• Ыстакаан аӊаара ү үт;
• 1 сымыыт;
• Туус;
• Баахыла киэбэ;
• Сүөгэй;
• Дьэдьэн.
o Састааппытын барытын кутан, алаадьы тиэстэтиттэн арыый хойуу, тиэстэ оӊоробут.
o Баахыла киэбин сылытабыт уонна мас арыытынан биһэбит.
o Киэбкэ тиэстэбитин кутан, эргитэ сылдьан буһарабыт.
o Сүөгэйгэ дьэдьэн кутабыт, булкуйабыт.
o Баахылабытын дьэдьэннээх сүөгэйбитигэр умньаан сиибит.
Минньигэстик аһааҥ!
Алгыстаана Михайлова,
VI кылаас, «Аартык» медиа-киин эдкора