Радион Шарин – уус удьуорун салҕааччы

Радион Шарин – уус удьуорун салҕааччы Саха быһаҕа – тыйыс айылҕалаах Саха сиригэр олорор эр киһиэхэ эрэллээх доҕоро, күннээҕи олоххо туттар туохха да тэҥнэммэт тэрилэ буолар. Суола үрэх сүнньүнэн урут-уруккуттан тимир уустара ууһаан-тэнийэн олорбуттар. Төһө да бириэмэ уу сүүрүгүн курдук устан аастар, төрүт удьуор быстыбат. Онно олорон билигин да тимири уһаарар дьарыктаах уолаттар бааллар. “Тумуһахтаах” диэн сиргэ өтөхтөнөн олорон ааспыт тимир уустара, Саарыннар сыдьааннара Радион Шарин Мэлдьэхси нэһилиэгэр олорор. Талааннаах эдэр уол саха быһаҕын оҥорорун уонна ол сатабылын дьоҥҥо тарҕатарын туһунан истэн, болдьоһон баран тиийэ сырыттыбыт. Хаһаайын биһигини мастарыскыайыгар үөрэ-көтө көрүстэ. Астына-дуоһуйа оһох уотун сыралыгар кэпсэттибит. Дьэ чахчы, саханы саха дэтэр быһахтарбыт охсуллар сирдэрэ сахалыы ураты тыыннаах буолар эбит. ️ Радион көмүскээбит бырайыагын уратыта диэн нэһилиэк, улуус олохтоохторун саха төрүт дьарыгар уһуйуу, баҕалаахтарга саха быһаҕын бэйэлэрин илиилэринэн... Source: ГАЗЕТА “ЭРКЭЭЙИ“ Мегино-Кангаласского улуса
Back to Top