ксклээх суолунан этнографическай цикл. Сэбээн Кл. 3 биэрии.
Кырдьаҕаһы хааһахха сүгэ сылдьан сүбэлэт дииллэринии биһиги устар бөлөхпут Петр Дмиртриевич Неустровка төхтөрүйэн кэлэн ыалдьыттаан, эбээн омук үгэһин туһунан өссө биир биэриини бэлэмнээтибит. Петр Дмтириевич 53-с сылын Сэбээн Күөлгэ Томпо улууһуттан көһөн кэлэн олорор. Көс олохтоох табаһыттар олохторун хайдах тэриннэллэрэ барыта үгэскэ киирбит бэлиэ буолар эбит. Петр Дмитриевич үйэлэри уҥуордаан кэлбит угэстэри билиһиннэрдэ, көрдөрдө, эбээн омук төрүт аһын амсатта, остуоруйа да кэпсээтэ.
Цикл А.Е. Кулаковскай төрөөбүтэ 150 сылын көрсө, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр биллэриллибит Өксөкүлээх Өлөксөй 5 сылынан диэн ананна. Биллэрин курдук, Өксөкүлээх Өлөксөй Саха сирин кэрийэн, ыраах хоту улуустарга тиийэ этнографическай, фольклорнай материалы хомуйбута.
Устар бөлөх улуус баһылыгар Иван Левиҥҥэ, МУП “Себян им.П.А.Кейметинова” салайааччытыгар Людмила Бурцеваҕа махтанар.