«Олох үөһүгэр»: Баай барыылаах, баай байанай ыйа үүммүтүнэн ()

Саха киһитин төрүт дьарыгын биир көрүҥүнэн булт уонна балык буолар. Өбүгэлэрбит тулалыыр айылҕаҕа сүгүрүйэр, харыстабыллаахтык сыһыаннаһар, булт сиэрин-туомун тутуһар үтүө үгэстэрэ көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэн күн бүгүҥҥэ тиийэн кэллэ. Сэтинньини баай барыылаах, баай байанай ыйа диэн ааттыыллар. Байанай диэн - тыа иччитэ, ойуур, көтөр-сүүрэр, булт - таҥарата, сахалар биир саамай сүгүрүйэр иччибит. «Олох үөһүгэр» биэриигэ байанай ыйыгар аналлаах тэрээһиннэр, булт көҥүлэ, ойуурга сылдьар кыыл ахсаанын ааҕыы уо.д.а.
Back to Top