Кыракый кытахха 7-лээх уолтан 85 саастаах оонньорго диэри муус ылаллар
Кыракый кытахха 7-лээх уолтан 85 саастаах оҕонньорго диэри муус ылаллар
? Олохтоох киһини кытта кыттыһан муус ыллыбыт. Буукаҥҥа.
Буукан диэн оҕонньор олорбут сирэ, кытаҕа эбит. Былыр Улахан Улуу Сыһыы бүтүннүү ууга баран күөл буолан турбут. Онтон уолан, улахан сыһыыга кубулуйбут. Алаас соҕуруулуу илин уһугар Билииппэптэр, ходоролор олорбуттар үһү. Тараастаах, Баһылайдаах, Тооролор уо.д.а. 1927 сыллаах биэрэпискэ бу эргин 80 саастарын ааспыт кырдьаҕастар элбэхтэрэ үһү. Онон сирэ-уота, уута-хаара үчүгэй буолан оччотооҕу кэмҥэ кырдьаҕастар элбэхтэрэ кэпсээнньиппин соһутар. Дойдутун остуоруйатын лаппа билэр киһи эбит. Сэргэхситтэ.
Кыракый кытахха 7 саастаах уолтан 85 саастаах оҕонньорго дылы муус ыла сылдьаллар. Халлаан хараҥарыар дылы үлэ күөстүү оргуйда.
Федот Харитонов.
@gazetaerkeii
[club197321747|@ulusmedia]
Source: ГАЗЕТА “ЭРКЭЭЙИ“ Мегино-Кангаласского улуса