🤼 ️ Эҥсиэли хапсаҕайа
🤼 ️ Эҥсиэли хапсаҕайа
Кулун тутар 16-17 кк., сылын аайы ыытыллар үтүө үгэскэ кубулуйбут СӨ хапсаҕай федерациятын президенэ Николай Иннокентьевич Румянцев бирииһигэр А категорияҕа “Эҥсиэли хапсаҕайа“ хапсаҕайга өрөспүүбүлүкэтээҕи турнир саҕаланна.
Быыппастыбыт былчыҥнардаах, бүүппэстибит бөтөҕөлөрдөөх саха уоланнара бэйэлэрин ыйааһыннарыгар хабыр хапсыһан,өрө көтөҕөлөһөн көбүөргэ күөн көрсөр күннэрэ үүннэ. Республикабыт үгүс улуустарыттан 183 кыттааччы кэллэ: Бүлүү, Үөһээ Бүлүү, Горнай, Хаҥалас, Таатта, Чурапчы, Уус Алдан, Өлөөн, Өймөкөөн, Үөһээ Дьааҥы, Нам уо.д.а.
Бу күннэргэ күүстээх киирсии элбэҕи быһаарыа, ким дьарыктаах, сытыы, сымса өрөгөйү оройуттан тутуоҕа.
Элиэнэ Кэрэ
@gazetaensieli
Источник: Газета “Энсиэли“. Намский улус